Тѳрѳѳбүт тыл уонна литература олимпиадата
«Тѳрѳѳбүт тѳрүт тыл, Сѳрүүн сүѳгэй курдук, Сүрэђи-быары сѳрүүргэтэр…»
Тохсунньу 30-31 күннэригэр, тохсус тѳгүлүн саха национальнай гимназиятын дьиэтигэр, саха тылын, литературатын уонна ађыйах ахсааннаах норуоттар тылларын, литератураларын олимпиадата буолан ааста.
Түѳрт олимпиада тухары барыта 160 үѳрэнээччи бэйэтин тургутан кѳрдѳ. Ођолор сахабыт сирин араас улууհуттан айаннаан кэлбиттэр, ол курдук Абый, Уус-Майа, Ѳлүѳхүмэ, Алдан, Нерюнгри, Амма уо.д.а.
Олимпиаданы кытта тэҥҥэ учууталларга аналлаах семинар тэрилиннэ. Семинары иилээн-сађалаан ыытта Yѳрэх сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтэр институт тѳрѳѳбүт тыл кафедратын сэбиэдиссэйэ, саха тылын хамыыհыйатын председателэ Шишигина В.С. Учууталлар лекция истэн, уопуттарын атастаһан, санааларын үллэстэн астынан тарҕастылар.
Архипова Е.А., филологическай наука кандидата, ХИФУ саха литературатын кафедратын доцена, саха литературатын хамыыհыйатын председателэ: «Саха литературатыгар олимпиада икки түհүмэђинэн ыытылынна. Кэтэхтэн түհүмэххэ хоту улуустар олус үрдүк баалы ылбыттара киհини соհутар. Финалга кэлбит ођолор дьиҥнээх хартыынаны кѳрдѳрдүлэр. Быйыл тэрээհин үчүгэй. Бэлэмнээх, таհымнаах ођо тута кѳстѳр, боппуруостарга чопчу билиитэ, толору эппиэтэ дьүүллүүр сүбэни астыннарда. Кыайыылаахтары бэлэмнээбит учууталлары хайђыыбыт уонна махтанабыт. Олимпиадник диэн, мин санаабар, статус. Кини программа таհынан билиилээх, элбэђи эбии аахпыт уонна эрудициялаах буолуохтаах. Учуутал ођону олимпиада буолара ый хаалбытын кэннэ буолбакка, системалаахтык, анал программанан дьарыктыахтаах, оччођо эрэ ођо кыайар кыахтаах. С сорудахха хомуհуннаах тођус хоհоонтон түѳрт хоհоону биэрбиппит. Үгүс ођо Алампа хоհоонун талбыт, ол учугэй. Хомойуох иհин, хоհооннору аахпат, билбэт ођо эмиэ баар. Сыл аайы сорудах уларыйар. Быйылгы сорудахтары ылан, ођолоргутун эрчийин, дьарыктаан. Ситиհиини бађарабыт».
Олимпиада түмүгүнэн үрдүк кѳрдѳрүүлээх ођолор кыайыылаахтар быһаарылыннылар.
Дьокуускай куорат:
Саха литературата
9 кылаас
Зыкова А, Дьокуускай куорат 12-с орто оскуола (учуутала Ксенофонтова К.Б.)
Сахалыы кэпсэтии тылыгар олимпиада
5-6 (сүрүннүүр таհым)
Николаев Н, Дьокуускай куорат 1-гы орто оскуола (учуутала Попова А.Д.)
7-8 (үрдүкү таհым)
- Кириллина Виктория, Дьокуускай куорат 1-гы орто оскуола (учуутала Попова А.Д.)
9-10 кылаас (үрдүкү таհым)
- Никитина И, Дьокуускай куорат 1-гы орто оскуолата (учуутала Попова А.Д.)
- Егорова Р, Дьокуускай куорат 32-с орто оскуолата (учуутала Седалищева З.И.)
9-10 кылаас (сүрүннүүр таհым)
Фа-Ин-Фо А, Дьокуускай куорат №17 орто оскуолата (учуутала Борисова О.И.)
Аныгыскы үбүлүѳйдээх сылга кѳрсүѳххэ диэри!
Дьођус билим академиятын прессата
Источник: сайт Малой академии наук Республики Саха (Якутия)