Саха суруйааччылара – оҕолорго
Ийэ тыл, сурук-бичик күнүн көрсө
Урааҥхай удьуордара,
Саха саргылара
Кэскилбит кэнчээрилэрэ,
Үүнэр ыччаппыт!
Саха омук сайдарыгар
Саха тылын харыстыаҕыҥ
Саҥа суолу көрдөөммүт
Сайдан-үүнэн иһиэҕин!
Ийэ тыл, сурук-бичик күнүн көрсө Дьокуускай куораттааҕы сахалыы тылынан иитэр-сайыннарар уһуйааннар педагогтарын Ассоциацията «Саха суруйааччылара – оҕолорго” диэн дьаһалы тэрийэн ыытта. Классик суруйааччыларбытыттан, саҥа саҕалаан холонон эрэр эдэр суруйааччыларга тиийэ, уһуйаан саастаах оҕолорго сөптөөх айымньылары билиһиннэрдибит. Ол курдук барыта 19 уһуйаантан 50 педагог кэлэн кыттыыны ылла, хас биирдиилэрэ талан ылбыт суруйааччыларын олоҕун, айар үлэтин, айымньыларын билиһиннэрдилэр. Хоһоон, кэпсээн, үгэ, олонхо түһүлгэтэ диэн манна буолла. «Кэскил» уһуйаан иитиллээччилэрэ төрөөбүт тыл туһунан композициялара, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхоттон быһа тардыылара тэрээһини киэргэттэ.
Оҕо литературатыгар 20-с сылын айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар суруйааччы Сидорова Екатерина Николаевна – 8 Родничок уһуйаан эбии үөрэхтээһин педагога бэйэтин айар үлэтин билиһиннэрдэ, үгүс болҕомтону тарта. Ыалдьыппыт «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын «Оскуола уонна оҕо литературатын киинин» салайааччыта Макеева Марина Гаврильевна хомуллубут үлэлэри туспа кинигэ быһыытынан бэчээккэ бэлэмнииргэ этии киллэрдэ. Түмүгэр бары кыттыбыт уһуйааннар салгыы үлэлииргэ көмө буолар элбэх материалы тутан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Дьокуускай куораттааҕы сахалыы тылынан
иитэр-сайыннарар уһуйааннар педагогтарын Ассоциацията